22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр бэтэрээннэр олорор дьиэлэрин бэлиэтиэхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 7 күнүттэн, Улуу Сэрии кыттыылааҕын уонна тыылга үлэлээбиттэр олорор дьиэлэригэр бэлиэтээһиннэри оҥоруохтара. Ааттарын-суолларын, наҕараадаларын суруйан көстүүлээх сиргэ ыйаталыахтара. Ол туһунан ыччат миниистирэ Степан Саргыдаев бэҕэһээ быһа эфир кэмигэр эттэ.


«Ыам ыйын 7 күнүттэн «Манна Герой олорор» диэн аахсыйабытын саҕалыыбыт. Сэрии эбэтэр тыыл бэтэрээнэ олорор подъеһыгар, дьиэтигэр аата-суола, наҕараадата суруллубут бэлиэлэри ыйаталыахпыт», — диэтэ Степан Саргыдаев.

Маннык аахсыйа дойду үрдүнэн ыытыллар. Санкт-Петербурга Красносельскай оройуонугар саҕаламмыта.

Саха сиригэр маннык дьаһаллар урут да ыытыллаллара, Улуу сэрии кыттыылаахтарын дьиэлэригэр бэлиэлэр ыйаммыттара, билигин да олор бааллар. Быйылгы аахсыйа ону саҥардыы быһыытынан барыаҕа, ыччакка сырдык, историческай өйдөбүлү хаалларыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА