Саха сирин бастыҥ үлэ династияларын Бочуот кинигэтигэр киллэрдилэр. 10 дьиэ кэргэн уопсай үлэлэрин ыстааһа 163 — 337 диэри сылга халбаҥныыр. Үөрэх, култуура, социальнай хааччыйыы, промышленность, тыа хаһаайыстыбатын династиялара бааллар.
Наҕараадалары бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов туттарда. Кинигэҕэ киирдилэр:
— Баишевтар, Нам улууһа, тыа хаһаайыстыбата, 311 сыл;
— Болтуновтар, Усуйаанаттан, култуура эйгэ, 178 лет;
— Кусковтар – Власовтар, Дьокуускай, социальнай хааччыйыы, 203 сыл;
— Дьяконовтар, Кэбээйи, үөрэх эйгэтэ, 337 сыл;
— Олесовтар, Хаҥалас, үөрэх эйгэтэ, 318 сыл; т
— Мачаховтар, Үөһээ Бүлүү, үөрэх эйгэтэ, 295 сыл;
— Ивановтар, Хаҥалас улууһа, тыа хаһаайыстыбата, 293 сыл;
— Комисаровтар, Дьокуускай, тыа хаһаайыстыбата, 262 сыл;
— Черниковтар, Нерюнгри, чох хостооһунун промышленноһа, 163 сыл;
— Куприяновтар, Томпо, таба иитиитэ, 178 сыл.
This post was published on 27.04.2024 09:33 09:33