СӨ экология министиэристибэтэ уонна ”ВНИРО” ФГБНУ Тюменнааҕы филиала 2020-2024 сылга балык салаата наука өттүттэн хааччыллыытыгар бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Ол туһунан тустаах пресс-сулууспа иһитиннэрдэ.
Докумуоҥҥа олоҕуран, Саха сирин ууларыгар балык личинкаларын үөскэтиигэ биотехническай көрдөрүүлэри туруорааһыҥҥа дуогабардастылар. Маны сэргэ Буотама уонна Сиинэ өрүстэргэ мониторинг ыытыахтара, биир кэлим научнай-чинчийэр үлэлэр быыһаарыыларын ыытыахтара.
“Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ балык хаһаайыстыбатын уонна океаенография институтун (ВНИРО) кытта регион бу салаата сайдыытыгар сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Онон билигин бу докумуонунан ону бигэргэтэн биэрэбит. Уу ресурсаларыгар, балыктааһыҥҥа, квотаҕа научнай өрүтэ суох сөптөөх үлэ ыытыллыбатын бары билэбит”, – диэтэ экология миниистирэ Сахамин Афанасьев.
ВНРИО Тюменнааҥы филиал салайааччыта Евгений Даринов үлэ ситиһиилээх уонна өрөспүүбүлүкэ балыгын салаата сайдыытыгар туһаайыылары оҥороругар эрэнэрин биллэрдэ.