«Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 36 техногеннай баһаар регистрацияланна, ол иһигэр 20-тэн тахсата дьон олорор сиригэр. Баһаарынайдар сөптөөх дьаһалларын түмүгэр, 10 киһи олоҕо быыһанна. Хомойуох иһин, икки киһи тыына быһынна. Эчэйии суох. Сүрүн биричиинэ уоту сэрэҕэ суохтук туттуу, электроприбордары сыыһа туһаныы», – диэтэ Александр Гайдей, управление сэрэтэр үлэни ыытар отделын начальнигын солбуйааччыта.
Сэрэтиилэр:
— хас биирдии прибор туһаныллар болдьохтоох. Ол болдьоҕун таһынан туттуллуо суохтаах;
— электропроводкалары, розеткалары, щиттары уонна штепсельнай вилкалары көрө сылдьыҥ, электропроводтары көҥүлэ суох тыытыллыбат;
— электричество уотун наһаа ноҕуруускаламмат;
— оҕолорго электроприбордары оонньото биэримэҥ;
— проводы эрийэн, кумалаан уурумаҥ, ааннарга, түннүктэргэ кыбытымаҥ, уу турбатын, ититэр ситими кытта уурумаҥ.