Саха сиригэр бөдөҥ алмааһыгар Оҕо хамсааһынын аатын иҥэрдилэр

Өрөспүүбүлүкэ оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын уонна тэриллиилэрин 25 сыллаах үлэлэрин уратытык бэлиэтээтилэр. Ыам ыйын 7 күнүгэр АЛРОСА Мирнэйдээҕи хайаны байытар 3 №-дээх фабрикатыгар булуллубут бөдөҥ алмааска «»Дьулуур» оҕо хамсааһына» аат иҥэрилиннэ.


Туһааннаах бирикээскэ АЛРОСА президенэ Андрей Жарков илии баттаата. Бу туһунан хампаанньа пресс-киинэ иһитиннэрэр.

«Октаэдрическай габитус киэптээх кристалл  24,28 х 24,18 х 22, 88 мм. кээмэйдээх. Алмаас чочуллубут хаачыстыбата 2 Black Sawables coloured, курдары көстөр, саһархай толбонноох, биллэр-биллибэт хайаҕастардаах», – диэн алмаас пааспарыгар суруллар.

«АЛРОСА хампаанньа куруук кыраай инникитигэр кыһаллар, спорт, култуура, доруобуйа харыстабыла сайдыытыгар, айылҕаны харыстааһыҥҥа болҕомтотун уурар. Бу барыта биһиги оҕолорбут инникилэрэ буолар. Биһиги үлэбитин АЛРОСА маннык үрдүктүк сыаналаабытыттан үөрэбит», — диэн «Дьулуур» биир кэлим оҕо хамсааһынын лидерэ, Россиятааҕы оҕо хамсааһынын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Геннадий Охлопков эттэ.

This post was published on 12.07.2016 09:28 09:28