22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр 5 тыһ көмө харчыны 110 тыһ тахса ыал ылыа

15:03, 18 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ Пенсионнай пуондата аҕыстарыгар диэри саастаах оҕолорго биир кэмнээх көмө харчыны төлөөһүҥҥэ үлэтин саҕалаата. Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан көрүллүбүт биэс тыһыынча солкуобай харчыны 110 тыһыынчаттан тахса ыал ылыа. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи Пенсионнай пуонда иһитиннэрэр.  


Биир кэмнээх көмө харчыны төлүүргэ 550 мөл солкуобай кэриҥэ харчы ороскуоттаныа.

Харчы, эрдэ маннык көмөнү ылбыттарга, счеттарыгар автоматически түһүө. Счеттарын уларыппыттар сайабылыанньаларын Госуслуга порталын нөҥүө 2021 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри биэриэхтэрин сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА