СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 338 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа медицинскэй оборудованиены уонна бэйэни көмүскэнэр табаары ылыаҕа. Тустаах үп дойду хааһынатыттан коронавируһу утары охсуһар сыалга Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соругунан көрүллүбүтэ. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
«338 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үп дотация быһыытынан Россия бырабыыталыстыбатын дьаһалынан көрүлүннэ. Медицинскэй оборудование ылыыга 321,1 мөлүйүөн солкуобай уонна бэйэни көмүскэнэр табаары ылыыга 16,9 мөлүйүөн солкуобай тыырылынна», — диэн этиллэр.
Бу сууманан биэс кислородунан хааччыйар систиэмэ уонна 30 тыҥаны үлэлэтэр аппарат ылыллара былааннанар. Маны таһынан закупка испииһэгэр 1,4 тыһыынчаттан тахса хирургическэй респиратор, 1,3 тыһыынча биирдэ кэтиллэр көмүскэнэр комплект, 1,5 тыһыынча элбэхтэ кэтиллэр көстүүм (бэргэһэ, ачыкы, респиратор, бахила, комбинезон) уонна 1,4 тыһыынчаттан тахса көмүскүүр экран.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэ балыыһаларын коронавируһу утары охсуһар медицинскэй тээбириннэринэн хааччыйыыга дойду хааһынатыттан 300 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суума көрүллэрин туһунан этиллибитэ, диэн суруйар НВК «Саха».