Саха сиригэр 2024 сылга 300-тэн тахса эдэр ыал «Обеспечение качественным жильем» бырагырааманан олорор дьиэлэрин тупсарынна. Ол туһунан тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Регионнааҕы биэдэмистибэ информациятынан, бырагыраамаҕа уопсайа 3586 ыал кыттар.
«2024 сылга бырагыраамаҕа 140 мөл солк федеральнай уонна судаарыстыбаннай бюджеттартан көрүллүбүтэ. Манна эбии олохтоох бюджеттар көрдүлэр, 353 мөл солк. Онон быйыл 350-ча ыал олорор дьиэтин тупсарынна», — миниистир Виктор Романов эттэ.
Бырагыраамаҕа киириигэ усулуобуйалардаах: кэргэнниилэр эбэтэр толорута суох дьиэ кэргэн төрөппүтэ 35-гэр диэри саастаах, дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга наадыйар, маны сэргэ тус харчылаах эбэтэр иэс ылар кыахтаах буолуохтаахтар.
2025 сылга бырагыраама салгыы үлэлиир, өссө 300 ыалга көмө оҥоһуллар. 2025-2027 сылларга бырагырааманан уопсайа федеральнай уонна региональнай бюджеттартан 441 мөл солк көрүллэр.