Саха сиригэр алтынньы 24 күнүнээҕи туругунан грипп утары профилактическай вакцинацияны 280 512 киһи ылла, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 29%. Быһыыны 122 948 оҕо уонна 157 564 улахан киһи ылбыт. Санатан эттэххэ, быйылгы эпидемическэй сезоҥҥа нэһилиэнньэ 60 %-нын хабан вакцинация биэрэр былааннаахтар, диэн СИА кэпсиир.
Саха сиринээҕи Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ грипптэн бастакы уочарат вакцианция ылыахтаах дьон бөлөҕүн санатар:
— коронавируснай инфекциянан (COVD- 19) ыалдьыбыт дьон;
— 6 ыйдарыттан үөһээ саастаах оҕолор;
— оскуола оҕолоро;
— устудьуоннар;
— 60- ан тахса саастаах дьон.;
— хроническай ыарыылаах дьон.;
— хат дьахталлар (2-3 триместр);
— медицина, үөрэх, социальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ;
— социальнай тэрилтэлэр ыарыһахтара;
— олох-дьаһаҕы хааччыйар уонна стратегическай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ;
— байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыахтаах дьон.
Грипп утары вакцинацияны олорор сиргинэн поликлиникаҕа босхо биэрэллэр. Ону тэҥэ, үөрэх тэрилтэлэригэр, эбэтэр сайаапка түһэрбит тэрилтэлэргэ мобильнай прививка биэрэр биригээдэлэр үлэлииллэр.