Бу туһунан алтынньы 22 күнүгэр Саха сирин Үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ бүддьүтүөн туһунан сокуон барылын дьүүллэһиигэ иһитиннэрдэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Иван Алексеев этэринэн, 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Ону тэҥэ муҥутуур алын хамнас кээмэйин таһымыгар хамнас — 16,6%, атын категорияларга — 5,7% үрдэтии көрүллэрэ былааннанар.
2025 сылга уонна 2026-2027 былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуон барыла Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар бастакы ааҕыыга ылылынна. Докумуон федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна уонна үбү-харчыны тэҥник үллэриигэ соруктаах.
Миниистир эбээһинэһин толорооччу этэринэн, 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт дохуоттаах чааһа 291,3 млрд солк. тэҥнэһэр уонна 2024 сыллааҕы көрдөрүүттэн намыһах. Федеральнай бүддьүөттэн үп-харчы сорҕото, ол иһигэр бюджет хааччыллыытыгар көрүллэр дотация эрэгийиэҥҥэ тиэрдиллэ илик. Бу суума бүддьүөт иккис ааҕыытын чэрчитинэн сүрүн хайысхаларынан түҥэтиллиэҕэ.
«Маны таһынан 2025 сылтан дойдуга 19 саҥа национальнай бырайыак үлэҕэ киирэр. Билигин РФ таһымыгар үбүлээһин механизма быһаарыллар, онон субъектарынан үп-харчы көрүллэ илик. Үп-харчы киирбитин кэннэ биһиги бүддьүөппүтүгэр киллэриэхпит», — диэтэ Иван Алексеев.