28 Муус устар 28.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сиригэр 2023 сылга саамай биллэр туристическай эбийиэктэр ааттаннылар

12:01, 19 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Президенэ Владимир Путин эрдэ бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ бэйэтин ураты айылҕатынан туристары ыҥырар кыаҕа улахан. Туризм министиэристибэтигэр саамай биллэр туристическай эбийиэктэр тустарынан кэпсээтилэр.

Өлүөнэ очуостара

2023 сыл ахсынньытыгар бэлиэтээбиттэринэн, национальнай пааркаҕа 31 тыһыынчаттан тахса киһи сылдьыбыт, ол иһигэр кыһын – 11 500 киһи, сайын – 19 160. Урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, туристар сайыҥҥы ыйдары талаллар.

«Кэлэр сылга туристар биһиги саҥа экологическай ыллыкпытын сэргиэхтэрэ, уһуна 3 000 миэтэрэ. Үөһэ тахсарга ордук усулуобуйа тэриллэр. Ыллыгы оҥоруу бастакы түһүмэҕэ саҕаланна», — диэтэ дириэктэр Аркадий Семенов.

2024 сыл саҥатыгар уочараттаах кыһыҥҥы сезон арыллыаҕа, Баатамай — Лабыдьа хайысханан муус суола арылларын күүтэллэр.

Эбийиэктэр тустарынан салгыы манна аах: https://ysia.ru/sostavlen-rejting-samyh-populyarnyh-turisticheskih-obektov-yakutii-v-2023-godu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА