Саха сиригэр 2023 сылга судаарыстыбаннай инспектордарынан 111 көҥүлэ суох бөҕү тоҕор сир баара билиннэ, уопсай иэнэ 13,7 га. Ол туһунан экология министиэристибэтэ кэпсээтэ.
Билиҥҥи туругунан, көҥүлэ суох сыбаалкалар суох оҥоһулуннулар. «Бу сылга муниципалитеттары кытта министиэристибэ элбэх үлэни ыытта. Көҥүлэ суох сыбаалкалар суох оҥоһулуннулар, тулалыыр эйгэҕэ хоромньута ааҕылынна», — экология миниистирин бастакы солбуйааччыта Джулустан Хон эттэ.
Ахсынньы 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ булуллубут көҥүлэ суох сыбаалкалары суох оҥорууга Росприроднадзор уонна Россельхознадзор управлениелара кыттыылаах мунньах буолла.