2022 сылга Саха сиригэр тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагыраамата олоххо киирэригэр 1,81 млрд солк. тахса, ол иһигэр 1,33 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн көрүллэрэ былааннанар. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ 6 саҥа социальнай объектары тутуохтара, диэн СИА кэпсиир.
«Бу бырагырааманан дойду бүддьүөтүттэн Саха сирэ сүрүн үп ылааччылартан биирдэстэрэ буолар. Олохтоох дьаһалталар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары ситимнээх үлэлэрин бэлиэтиибин. Кинилэр куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар буоланнар, биһиэхэ элбэх харчыны тыыраллар«, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Ол курдук, эһиил 120 үөрэнээччилээх оскуола Уус- Алдан улууһун Сырдааҕар, 50 миэстэлээх 10 №- дээх «Чуораанчык» оҕо саада Курбуһаҕар, 60 миэстэлээх оскуола Хаҥалас улууһун Үөдэйигэр, 90/40 миэстэлээх оскуола-саад Чурапчы улууһун Туора Күөлүгэр үлэҕэ киириэхтэрэ. Үөһээ Бүлүү улууһун Харбала сэлиэнньэтигэр 35 миэстэлээх оҕо саадын уонна Сунтаар улууһун Күндээйэтигэр 50 миэстэлээх оҕо саадын тутууларын бырайыактара түмүктэниэхтэрэ, ону тэҥэ Чурапчы улууһун Хайахсыт орто оскуолатыгар уопсай үУАЗ массыынаны биэриэхтэрэ.
Маны таһынан 2022 сылга Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар 120 миэстэлээх оскуола тутуута саҕаланыаҕа. Объект үлэҕэ киирэр болдьоҕо – 2023 сыл.
2021 сылга КРСТ бырагырааматыгар 1,81 млрд солк. тахса үп көрүллүбүтэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 1,71 млрд солк., СӨ судаарыстыбыннай бүддьүөтүттэн 98,74 мөл. солк.
Быйыл бу бырагырааманан Саха сиригэр 15 объект үлэҕэ киирдэ: Хаҥалас, Өлөөн, Бүлүү улуустарыгар оҕо-саадтара, Бүлүү улууһугар оскуола, Эдьигээҥҥэ уонна Чурапчыга 2 оскуола-саад, Сунтаарга спортивнай-чэбдигирдэр комплекс, Горнай улууһугар канализация уонна бөһүөлэк иһинээҕи 6 гаас ситимэ уонна Чурапчы улууһугар локальнай уу ситимэ.