24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Саха сиригэр 2021 сылга 4300 эрдэҕэс оҕо быстах кэмҥэ үлэлииригэр көмөлөһүөхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2021 сылга өрөспүүбүлүкэ салалтата 4300 эрдэҕэс саастаах оҕоҕо регион тэрилтэлэригэр үлэ буларга көмөлөһүөҕэ. Бу, быллырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, икки төгүл элбэх.


«14 — 18 саастаах оҕолору сынньалаҥнарын кэмигэр дьарыктыырга региоҥҥа «Содействие занятости населения Республики Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» бырагыраама үлэлиир. Быйыл быстах үлэнэн 4300 оҕону хабар былаан баар. Манна өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 22 мөл солк көрүллэр«, — нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кэмитиэт иһитиннэрдэ.

2020 сылга коронавируска пандемиянан сибээстээн, Саха сиригэр 2,3 тыһ эрдэҕэс саастаах оҕо үлэнэн хааччыллыбыта. Ол иһигэр 189 оҕо таба ыстаадаларыгар.

Оҕону быстах үлэнэн хааччыйыыы Саха сирин улуустарыгар барытыгар тэриллиэҕэ.

«Дьокуускайга саамай элбэх — 700-тэн тахса киһи. Таба ыстаадаларыгар — 103. Ыам ыйын саҕаланыытыгар 52 оҕо үлэнэн хааччылынна«, — кэмитиэккэ эттилэр.

Биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, территорияны тупсарыы, оҕуруокка үлэ, сибэкки олордуута саамай оҕо сөбүлээн дьарыктанар хайысхалара буолаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА