Өрөспүүбүлүкэҕэ сиринэн сырыы логистикатын сааһылааһыҥҥа улахан былааннар оҥоһуллаллар. Аҥардас бу сылга 500 кэриҥэ килэмиэтир айан суола «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суола» национальнай бырайыагынан тутулунна уонна өрөмүөннэннэ. Өссө күүстээх соруктар ылыллаллар.
«2019 сылга өрөспүүбүлүкэ суолларын оҥорууга улахан иэннээх үлэ ыытылынна. 473 килэмиэтир тэлгэннэ. Маннык оҥоһуллубатаҕа 10-ча сыл буолла», — диэн «Абалаах» регионнааҥы суол учаастагын арыллыытыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Алексей Колодезников эттэ.
Бастакы вице-премьер бэлиэтээбитинэн, «Абалаах» суолга хаалбыт 63 км тутуута түмүктэниэхтээх. Былаан баар уонна ол олоххо киириэхтээх. Кэлэр сылга аҥардас өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах 170 км тахса суол оҥоһуллара, тутуллара уонна өрөмүөннэнэрэ былааннанар. Быйылгы дьылга национальнай бырайыгынан 229 км федеральнайдааҕы, 122 км регионнааҕы, биир оччо олохтоох суоллар тутуллан, үлэҕэ киирдилэр.
«Биһиги бастакы нүөмэрдээх сорукпут — Ленаны туоруур муоста тутуута. Ил Дархан Айсен Николаев бу боппуруоһунан күүскэ дьарыктанар. РФ Үп, тырааныспар, экономика сайдыытын министиэристибэлэригэр биһирэбили ылла. Дойду салалтата барайыагы өйүүрүгэр эрэллээхпит, онон сотору кэминэн олоххо киириитэ саҕаланыа», — диэтэ Колодезников.
Дойду президенэ регионнарга суолу тутууга улахан болҕомтотун уурар. Соторутааҕыта буолбут мунньахха Владимир Путин Дьокуускайтан Магадаҥҥа диэри «Халыма» федеральнайдааҕы суол туһунан чуолкайдаспыта.
Тырааныпарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири бастакы солбуйааччы Сергей Влдадимиров эппитинэн, национальнай бырайыак чэрчитинэн федеральнайдааҕы бюджеттан ботуччу үбүлээһин көрүллүбүт. Өрөспүүбүлүкэҕэ суолу туутууга улахан ккэмэйдээх үлэ ыытыллыбыт. Ол иһигэр «Абалаах» учаастакка. Саха сирэ Росавтодор салаатынан муниципальнай суоллары тутууга ылсар. Федеральнайдааҕы таһымнаах айан суолугар эмиэ элбэх үлэ ыытылынна. Ахсынньыга «Бүлүү» федеральнайдааҕы трассаҕа баар Марха эбэни туоруур улахан муоста арыллыыта буолуоҕа.
СӨ айан суолларын управлениетын генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Виктор Игнатьев СИА-ҕа иһитиннэрбинэн, 2021 сыл былааныгар Абалаах суолун Бүтэйдээх сэлиэнньэтигэр тириэрдэр сорук турар. Кэлэр өттүгэр учаастактар Чурапчы оройуонун өттүттэн Туора-Күөл диэки хайысханы холбуохтара.