Саха сиригэр 2000 олорор дьиэни гаастааһыҥҥа миллиардтан ордук солкуобайы көрүөхтэрэ

2017 сылга Саха сирин биэс нэһилиэнньэлээх пуунугар 1900 олорор дьиэни гаас оттукка көһөрүөхтэрэ. Бу сыалга туораттан киирии харчытыттан миллиардтан ордук солкуобай сууманы көрүөхтэрэ. Бу туһунан бэс ыйын 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ промышленноска уонна геологияҕа миниистирэ Андрей Панов суруналыыстарга иһитиннэрдэ. 


«59,7 км гаас утаҕын тардыы былааннанар, ол иһигэр 10 км — сүрүн магистраль, 49,7-тэ бөһүөлэктэр истэрэ уонна уулуссалар«, — диэн иһитиннэрдэ Андрей Панов.

Кини этэринэн, биэс нэһилиэнньэлээх пуун гааһынан хабыллыа: Чурапчы улууһун Дьаабыла уонна Туора Күөлэ, Мэҥэ Хаҥалас Тарата уонна Бүтэйдээҕэ, Горнай улууһун Ааһымата.

Ааспыт биэс ыйга өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 9,45 км гаас утаҕа ууруллубут.

Былааннаммыт миллиард солкуобайтан 705 мөл.солк. «АЛРОСА» АХ акцияларын эргитииттэн «РИК Плюс» ААУо, 350 мөл.солк. — «Сахатранснефтегаз» ААУо, 13,7 мөл.солк. — «АЛРОСА-Газ» ААУо үптэрэ диэн чуолкайдаата Панов.

Билигин Саха сирин үрдүнэн 96 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас тиийэр: Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Мирнэй, Ленскэй оройуоннарын территорияларыгар уонна Дьокуускай куоракка. Барыта 7400 км гаас ситимэ үлэҕэ киллэриллибит, 100 тыһыынчаттан тахса объект гаастаммыт.

This post was published on 19.06.2017 17:30 17:30