Өлүөхүмэҕэ тулаайах оҕолорго судаарыстыбаттан анаммыт кыбартыыраларын биэрдилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Өлүөхүмэ оройуонугар тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт биэс оҕоҕо кыбартыыра күлүүһүн туттардылар. Ол туһунан телеграм-ханаалга баһылык Николай Харбин суруйда.

«Кыбартыыралар күлүүстэрин туттарыыга хаһаайыттар оҕолорун илдьэ кэлбиттэрэ үөрүүлээх. Оҕолор билигин саҥа дьиэҕэ күлүөхтэрэ-үөрүөхтэрэ. Дьаһалта уонна тус бэйэм ааппыттан саҥа дьиэҕэ киирээччилэри эҕэрдэлиибин», — диэтэ оройуон баһылыга.

Николай Харбин бэлиэтээбитинэн, тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата Өлүөхүмэ улууһугар 2013 сылтан үлэлиир.

This post was published on 07.05.2024 10:03 10:03