Саха сирин олохтоохторо «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан 2,1 тыһыынчаттан тахса дуогабар түһэрсибиттэр, уопсай суумата — 8 млрд солк, суруйар ТАСС.
Бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 2%-наах ипотеканан 2,1 тыһыынчаттан тахса дуогабар түһэрсиллибит. Уопсай суумата — 8 млрд 174 мөл.солк. Үбүлээһин көрдөрүүтүнэн, бу Россия регионнарыттан саамай улахан. Иккискэ — Приморскай, үһүскэ — Хабаровскай кыраайдар.
Пандемия кэмигэр сайаапкалары онлайн-эрэһиимҥэ тиксэрии үлэтэ үчүгэйдик ыытыллара бэлиэтэнэр. Систиэмэ ыраах, кытыы сир олохтоохторо бырагырааманан туһаналларыгар кыаҕы үөскэттэ.
2019 сыл бүтүүтэ Россия президенэ Владимир Путин дьиэҕэ дьон тиксиитигэр кэскиллээх сорук туруорбута. Дойду баһылыга дьиэ тутуутугар, ипотекаҕа уонна кыра бырыһыаннаах кирэдьиити биэриигэ болҕомтону хатаабыта.
«Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама эдэр ыалларга уонна «Биир гектар» бырагыраама кыттыылаахтарыгар 6 мөл солк диэри 2%-наах ипотеканы 20 сылга диэри ылан, дьиэ атыылаһыытыгар, тутуутугар тутталларыгар көмөлөһөр.