Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 214 көс ыал, онно 578 улахан киһи уонна 333 оҕо олорор. Бу туһунан «Көс ыал туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон бырайыагын оҥорор бөлөх мунньаҕар этилиннэ.
Ил Түмэн Арктика дьыалаларыгар уонна хоту сир кыһалҕаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева бу статистика дьулаан сыыппаратыгар болҕомтону хатаата. «2000 сыллааха Саха сиригэр 552 көс ыал олорбута. Көрөргүт курдук аҕыйаатылар. Оттон биһиэхэ ыаллыы сытар Ямалга 3700 көс ыал табаһыт ыстаадаларыгар олорор. Ол барыта 16000 киһи кэриҥэ. Ямалга барыта 30 тыһ. аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ олороллор, ол аата аҥарын кэриэтэ көс олохтоох, бэйэлэрин төрүт дьарыктарынан үлэлииллэр», — диэтэ кини.
Елена Голомарева кэпсииринэн, Ямалга көс олохтоох ыаллары судаарыстыбаттан өйүүр туһунан сокуон ылыллыаҕыттан, 2002 сылтан элбээн барбыттар.
Саха сиригэр билигин көс олохтоох дьиэ кэргэттэр тустарынан чуолкай дааннайдар биллэн, сокуон барыла ылылларыгар кэмэ кэлбит.