«Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырайыак олоххо киириитин хаамыытын Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайааччылаах сүбэ мунньахха көрдүлэр. Үбүлээһин уопсай кээмэйэ 634,3 мөл. солк. тэҥнэһэр, онтон 583,6 мөл. — федеральнай бюджеттан, 5,9 мөл. — регион бюджетыттан, 44,8 мөл. солк. — олохтоох бюджеттан.
«Формирование комфортной городской среды» бырайыак Россия президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олох Инфраструктурата» национальнай бырайыагар киирэр. Сэтинньи 12 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 13 тупсарыы эбийиэгэ — Алдан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мииринэй, Нам, Өймөкөөн уонна Таатта оройуоннарыгар үлэҕэ киирдилэр. Ньурбаҕа Степан Васильев болуоссата (тутуу бэлэмэ 89%), Бороҕоҥҥо култуура уонна сынньалаҥ паарката (88%) уонна Дьокуускайга «Ытык Сир» паарката (99%) түмүктэнэн эрэллэр.
Онуоха Одуну нэһилиэгэр мини-паарканы, Төҥүлү нэһилиэгэр «Учуутал уонна үөрэнээччи» сквери (1 түһүмэҕэ) (70%), Сайылык сэлиэнньэтигэр спорт уонна культура пааркатын (70%), Чурапчыга Кыайыы скверин (55%) уонна Мохсоҕоллооххо оҕо спортивнай былаһааккатын (70%) тупсарыыга үлэ бытааннык барар.
Мунньахха кыра куораттарга уонна историческай нэһилиэктэргэ табыгастаах куорат эйгэтин тэрийиигэ бастыҥ көҕүлээһиннэр бүтүн Россиятааҕы куонкурустарын кыайыылаахтарын бырайыактарын олоххо киллэриигэ ураты болҕомто уурулунна. Бу хайысхаҕа үбүлээһин уопсай кээмэйэ 314,1 мөл. солк. тэҥнэһэр, онтон 300 мөл.солк. федеральнай бюджеттан, 3,03 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттан, оттон 11,1 мөл. солк. олохтоох бюджеттан көрүллүбүт.
Түмүктэммит эбийиэктэр ахсааннарыгар — 2024-2025 сылларга туттарыллар болдьохтоох Уһук Илин-2 куонкурус кыайыылаахтара. Ол курдук, Бүлүүгэ уонна Орто Халымаҕа кытылын «Ыллыыр кумахтар» уонна Кыайыы болуоссатын, туһааннааҕынан, тупсарыыны кэмигэр түмүктээтилэр. Бүтэһик түһүмэххэ Мииринэй, Нерюнгри уонна Майа сэлиэнньэтигэр бырайыактар тиийдилэрр.
Ону тэҥэ 2025-2026 сылларга аналлаах Уһук Илин-3 куонкурус кыайыылаах бырайыактарын олоххо киллэриигэ үлэ ыытыллар. Өлүөхүмэҕэ уонна Аллараа Бэстээххэ үлэлэр түмүктэннилэр. Эһиил Томмот, Амма уонна Хаандыгаҕа тупсарыыны түмүктүүр былааннаах.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр «Формирование комфортной городской средства» бырагыраама 2019 сылтан олоххо киирэр. Бу кэмҥэ 101 уопсастыбаннай миэстэ 3,119 млрд солк. суумалаах тупсарылынна. Аҥардас 2024 сылга 941 мөл.солк. тахса сыаналаах 24 эбийиэк үлэҕэ киирдэ.





