22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр 11 тыһыынча сылгы аһылыкка киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр сүөһү уонна сылгы кыстыга ортонон ааһар. От бэлэмнэммиттэн 71 бырыһыана хаалан турар диэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата СИА-ҕа кэпсээтэ. 


Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев эппитинэн, 2020 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи туругунан, бары хаһаайыстыбаларга сүөһү ахсаана 184 978 төбө (100,8% былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ), сылгы – 186 270 төбө (104,6%).

Кини эппитинэн, кыстык ортонон ааһар. Бэлэмнэниллибит 471,5 тыһ.тн оттон, улуустар дааннайдарынан 335,496 тыһ.тн (71%) хаалбыт. 2019 сыллаахха бу көрдөрүү 67,8% тэҥэ.

«Аһылыкка 11 129 төбө сылгы киллэрилиннэ. Былырыын бу кэмҥэ 5 233 төбө этэ. Былырыыҥҥы кыстык устата уопсайа 46 453 төбө сылгы аска туруоруллубута, уопсай ахсаантан 26,1%. Муус устар 4 күнүгэр диэри көрдөрүү улаата турбута. Бүгүҥҥү күҥҥэ ордук Тааттаҕа, Чурапчыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа саамай элбэх сылгы аһылыкка киллэрилиннэ», — диэтэ Афанасьев.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-odinnadtsat-tysyach-loshadej-postavleny-na-podkormku/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА