СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов Нижегородскай уобалас губернаторын сүбэһитин, «НЕЙМАРК» АНО дириэктэрин Валерий Черепенниковы кытары көрсөн ИТ-секторы сайыннарыы боппуруостарын кэпсэттилэр.
Санатар буоллахха, «ЦИПР-2024» кэмпириэнсийэҕэ СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Нижегородскай уобалас Бырабыыталыстыбата бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсэн тураллар. Эрэгийиэннэр цифровой сайдыыга, үөрэх уонна наука эйгэтигэр дьыалабыай уонна доҕордуу сыһыаннарын бөҕөргөтүөхтэрэ.
«Нижнэй Новгородка аан дойду таһымнаах «Неймарк» ИТ-кампус тутуллар. Биллэрин курдук, биһиги эмиэ Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийиигэ үлэлэһэбит. Онон бииргэ үлэлээһин сүрүн хайысхатынан бу бырайыактары олоххо киллэрии — инники күөҥҥэ сылдьар үөрүйэҕи атастаһыы, үөрэххэ саҥа технологиялары киллэрии буолуоҕа. Бүгүн үрдүк үөрэх кампустарын кэнсиэпсийэлэрин, ону тэҥэ ИТ- салааны сайыннарыыны дьүүллэстибит«, — диэн Анатолий Семенов кэпсиир.
Маны таһынан, көрсүһүүгэ 2025 сыллаахха кулун тутарга Нижнэй Новгородка буолар «Мин идэм — ИТ» II төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы күөн күрэс түмүктүүр түһүмэҕин ыытыы туһунан кэпсэттилэр. Оскуола үөрэнээччилэриттэн уонна устудьуоннартан сүүмэрдиир хамаандалары тэрийэр туһунан былааннаатылар.
«Туһалаах кэпсэтии буолла. Кэллиэгэлэрбитин кытары көрүүлэрбит дьүөрэлэһэллэр. Эрэгийиэннэр икки ардыларыгар туһалаах сибээһи бөҕөргөтөргө салгыы үлэлэһиэхпит«, — диэн Анатолий Семенов тоһоҕолоон эттэ.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата