22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ уонна «Газпром» гаастааһыҥҥа сөбүлэҥ түһэрсиэ

11:02, 07 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ салалтата итиэннэ «Газпром» ПАО 2021-2025 сылларга Саха сирин гаастааһын бырагыраамаҕа сөбүлэҥ түһэрсэллэрэ былааннанар.


Бырагыраама чэрчитинэн Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннара гааска холбонуохтара. Былаан быһыыытынан «Сибиир күүһэ» гаас утаҕын кыйа сытар 30 нэһилиэнньэлээх пуун гааһынан хааччыллыа.

Билигин 2016-2025 сылларга түһэрсиллибит бырагыраама хат көрүллэн, нэһилиэктэр испииһэктэрэ чуолкайданар.

Үлэ барылын өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев итиэннэ «Газпром» ПАО бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллер түһэрсиэхтэрэ.

Балаҕан ыйын 3 күнүгэр бастакы вице-премьер Алексей Колодезников бырагыраама барылын тула мунньаҕар «Газпром межрегионгаз» ХЭТ генеральнай дириэктэрин хапытаалынай тутууга солбуйааччы Алексей Бугаенко кыттыыны ылбыт. Үлэ барылын өрүттэр салгыы бу нэдиэлэҕэ чочуйуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар