22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ гектар сир сокуона киирэригэр бэлэм дуо?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова Бүлүү уонна Сунтаар улуустарыгар икки улахан мунньаҕы ыытта. Манна улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, сир сулууспаларын үлэһиттэрэ, уопсастыбаннас кыттыыны ыллылар.


Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии боруобалааһын быһыытынан Нерюнгри оройуонугар ыытыллар. Сокуон сөптөөҕө сорох субъектарга олоххо көһүннэ.

Ону таһынан баар итэҕэстэр да билиннилэр. Итилэр федеральнай киин, өрөспүүбүлүкэ таһымнарыгар суһаллык туоратыллаллар. РФ Федерация Сэбиэтигэр манан анаан дьарыктанар оробуочай бөлөх тэрилиннэ. Онно Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр.

Алтынньы 1 күнүттэн ыла сокуон иккис түһүмэҕэ күүһүгэр киирэр. Бу күнтэн ыла регион олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар улууһугар сир ылар кыахтаналлар. Саха сирин баһылыга Егор Борисов уурааҕынан, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор онуоха эбии 2,5 га сир бэриллиэҕэ. Ити сирдэргэ кэтэх хаһаайыстыбаны, оттон 20 га сиргэ бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалары тэриниэххэ сөп.

Ону таһынан Егор Борисов өссө биир уурааҕа бэлэмнэнэ сылдьар. Ити быһыытынан, сылгыны үөрдээн иитиигэ анаан 100 га сири ылар кыах үөскэтиллэр.

Сунтаар улууһа уопсайа 5 780 408 га сирдээх. Олохтооҕун ахсаана 23 764 киһи. Оройуон 26 нэһилиэктээх, онно 39 тыа сирин нэһилинньэлээх пууна киирэр. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 132 тэрилтэлээх.

91,63% (5 296 446 га) сир ойуур фондатыгар киирэр, 6% (381 946 га) — саппааска баар, 1% итэҕэс сир атын категорияларга киирсэллэр. Улууска сири туһанааччы ахсаана 10 932, итинтэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаммыт сирдэри 4 320 киһи туһанар.

Официальнай статистика көрдөрүнэн, араас категориялаах сирдэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сир — 119 554 га.

Оттуур ходуһалар уонна бааһыналар улуус сиригэр-уотугар сүрүн миэстэни ылаллар. Оттуур ходуһа -50% уонна бааһыналар — 43% (59 671 га уонна 51 430 га). Онтон хаалбыт 7% ,8 448 га сир — хорутуллар сир. Бааһыналар үс категорияҕа арахсаллар: тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт, саппаас уонна нэһилиэнньэлээх пууннар сирдэрэ. Элбэх сыллаах олордууну үүннэриигэ 0,004% (5 га) сир ананар.

Улууска сүөһү ахсаана 14 640 төбө, 12 326 сылгы баар. Биир сүөһүгэ 2,65 га оттуур сир тиксэр. Оттон биир сылгыга — 1,30 га бааһына.

Бүлүү улууһа уопсайа 5 519 348 га сирдээх, олохтооҕун ахсаана 24 770 киһи. Оройуоҥҥа 26 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Онно улуус суолталаах 1 куорат, 1 бөһүөлэк, 19 нэһилиэк баар. 144 тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ үлэлиир.

92,66% (5 114 207 га) сир ойуур фондатыгар киирэр. 6% (348 357 га тахса) — саппаас сир, 1% — атын категорияларга баар. Сири туһанар киһи ахсаана 13 014, итинтэн 5 166 тыа хаһаайыстыбатыгар ананар.

Статистика дааннайдарыгар көстөрүнэн, Бүлүү улууһугар тыа хаһаайыстыбатыгар 47 133 га сир тиксэр. Оттуур ходуһалар, бааһыналар улуус сиригэр сүрүн миэстэни ылаллар. Ити сирдэр 48% уонна 49% (22 569 га уонна 23 293 га) тэҥнэһэллэр. Сир уопсай кэриҥиттэн 3% (1 271 га) — хорутуллар сирдэр. Бу сирдэр биир үксүн тыа хаһаайыстыбатын сиригэр киирэллэр. Оттон 70 га бааһына – нэһилиэнньэлээх пууннарга. Бааһыналар иэннэрэ — 1 057 га.

Улууска сүөһү ахсаана 12 505 төбө, 7 294 сылгы. Биир сүөһүгэ 1,35 га оттуур сир тиксэр, сылгыга — 0,49 га. Бүлүү улууһугар олорор дьон ахсаана 11 200 киһи.

Баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларын миниистирэ Евгения Григорьев этэринэн, генеральнай былааннары, кадаастыр, сир о.д.а. докумуоннарын оҥоруу түргэтитиллиэхтээх. Ону таһынан үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ сири биэрии үлэтэ күүһүрүөхтээх. Сунтаар улууһугар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 132 киһи баар. Кинилэртэн 58 хаһаайыстыба эрэ сир учаастагар бырааптаах. Статистикаҕа көстөрүнэн, Бүлүү улууһугар бааһынай, фермерскэй хаһаайыстыбалар уопсайа 2052 га иэннээх 340 сир быраапка оҥоһулла иликтэр.

Сунтаарга уопсайа 7 203 га иэннээх 170 сиргэ быраап оҥоһуллубатах.

Уһук Илиҥҥэ гектар сири ыларга Интернет тиһигэ мөлтөҕө сокуону олоххо киллэриигэ мэһэйдиирин туһунан кэнники элбэхтэ этэр буоллулар.

Сибээс миниистирэ Александр Борисов этэринэн, түргэн сибээһинэн хааччыллар туһугар спутник кэмпилиэгин ылар наадалааҕын ыйда. Ити сыаната 50-200 тыһ.солк. диэри халбаҥныыр. Маны атыылаһыы, туһаныы бэрээдэгэ барыта улуустарга ыытыллыбыт, ону таһынан министиэристибэ саайтыгар сиһилии билсиэххэ сөп.

Бүлүү улууһун 2-с Күүллээт нэһилиэгэ маннык тэрили ылан, билигин гектар сири ыларга бэлэмин миниистир холобур быһыытынан эттэ.

Сокуон быһыытынан, федеральнай информационнай тиһиккэ боломуочуйалаах уорганнары биир кэлимсэ систиэмэҕэ (ЕСИА) регистрациялааһын үлэтэ бара турар. Ол эрээри от ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, Саха сирин 445 муниципальнай тэриллиититтэн 373 эрэ (83,8%) регистрацияны ааспыт.

Бүлүү улууһугар ЕСИА систиэмэҕэ 22-ттэн 15 эрэ муниципальнай тэриллии киирбит. Сунтаарга 27-ттэн 25 регистарцияламмыт.

Галина Данчикова нэһилиэнньэни кытта ыкса үлэлиир наадата үөскээбитин ордук чиҥэтэн эттэ. Министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр быһаарар үлэни төһө да ыыппыттарын иһин, элбэх киһи Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрии тула баар быһыыны-майгыны, ити суолтата улаханын ситэри өйдүү илик.

Бас билиигэ баар сир барыта федеральнай информационнай систиэмэҕэ киирбэтэҕэ биллибит. Онон бас билиигэ баар өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота Уһук Илин гектарыгар тиксиэн баҕалаах дьоҥҥо бэриллиэн сөп. Итинник кыһалҕа үөскээбэтин туһугар сирдээх дьон хас биирдиилэрэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри сиргэ бырааптарын туһунан иһитиннэриилэри олохтоох сир сулууспаларыгар тиэрдиэхтээх.

Галина Данчикова быһаарар үлэ ураты суолталааҕын ордук бэлиэтээтэ. Онон бырабыыталыстыба ыйытык киирдэ да чопчу уонна чуолкай хоруйу биэрэргэ бэлэм.

2017 сыл олунньу 1 күнүттэн ыла Уһук Илиҥҥэ гектар сири Россия гражданнара бары ылар кыахтаналлар.

«Биһиги тыйыс усулуобуйалаах, туттулларга сөбө суох сирбитигэр-уоппутугар ким наадыйар үһү” диэх курдук санаа баар. Ол эрээри, дьыала ис дьиҥэр киирдэххэ, ити сыыһа санаа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА