Саха сирэ сылгытын ахсаанынан Россияҕа инники күөҥҥэ таҕыста. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ Якутия 24 телеханаалга муус устар 1 күнүгэр кэпсээтэ.
«Биһиги манан тохтообоппут. 200 тыһыынча төбөҕө тириэрдиэхтээхпит.
Сылгыны иитии билигин бизнес быһыытынан барыстаах. Ити эрээри бу салааҕа судаарыстыбаннай миэрэни көрүүнү кыччаппаппыт, сылын аайы эбэн биэрэн иһэбит. Рентабельность өссө үрдүүрүгэр биһиги сылгыттан ылыллар бородууксуйаны батарыыга уонна бородууксуйаны күүскэ оҥорууга үлэ ыытыахтаахпыт.
Судаарыстыба өйөбүлүнэн наука кыттыылаах биһиги үчүгэй түмүктэри оҥоруохтаахпыт, ити барыта сылгыны иитиигэ эрэ буолбакка бүтүн тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытын кытта ыкса сибээстээх, тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр боростуойа суох усулуобуйаҕа сылгыны иитиинэн дьарыктанар дьон эбии дохуот киллэринэн, олохторун хаачыстыбата тупсарыгар ананар», — диэтэ Айсен Николаев.
2023 сылга Саха сиригэр сылгыны үөрдээн иитиигэ 569 мөл солк тыырыллар. Сылгы иитиитэ билигин хас оройуон аайы баар, онно 1800 сылгыһыт үлэлиир.
Билигин сылгы төбөтүн ахсаана 182,1 тыһ төбө, ону 187 тыһ төбөҕө тириэрдэр сорук турар.
2017 сылтан 16 улууска 277 сылгы баазата тутулунна.