Саха сирэ эбии 1,1 млрд солк медицинскай персонал уонна быраастар хамнастарын үрдэтиигэ ылыаҕа. Федеральнай бюджеттан бу сыалга бары регионнарга уопсайа 59 млрд солк көрүлүннэ.
Сорудахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.
«Экономика сайдыытын министиэристибэтин борогунуоһунан, сыл устата Россияҕа орто хамнас 11,5 бырыһыан улаатыаҕа. Медицина үлэһиттэрин хамнастара эмиэ үрдүүрүгэр, президент быһаарыытынан, бырабыыталыстыба эбии регионнарга 59 млрд солк ыытта», — диэтэ Мишустин миниистирдэр кабинеттарын мунньаҕар.