Саха сирэ халаан уутугар бэлэмнэнэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сааскы халаан уутун кутталыгар Саха сирин 25 тыһыынча олохтооҕо 15 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа хабыллыахтарын сөп.

Регион халаан уутун этэҥҥэ аһардыыга бэлэмнэнэр. Ол туһунан Айсен Николаев «Прямая линия» биэриигэ эттэ, суруйар ЯСИА.

«Биһиэхэ баар борогунуоһунан, сааскы халаан уута 15 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сэрэҕи үөскэтэр. Манна 25 тыһыынча киһи олорор. Бу харыы тахсыан уонна уу таһыма үрдүк сирдэрэ буолаллар», — диэтэ регион баһылыга.

«Сылын аайы баар балаһыанньа. Айылҕа содулун кытта охсуһууга уонна ону туоратыыга биһиги куруук бэлэм буолуохтаахпыт», — диэтэ Айсен Николаев, халаан уутугар бэлэмнэнии үрдүк эппиэтинэстээхтик баран иһэрин чуолкайдаата.

This post was published on 26.04.2024 13:08 13:08