22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары өйөөһүҥҥэ 1 млрд тахса солкуобайы ылыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сылтан 2024 сылга диэри Саха сирэ Арктика зонатыгар олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэстэрин уонна дьарыктарын өйөөһүҥҥэ 1 млрд солк. тахса үбү ылыаҕа. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Үбү Хотугу сир үгэс буолбут салааларын материальнай-техническэй базаларын саҥардыыга, көс оскуолаларга тырааныспар атыылаһыыга уонна Арктика оройуоннарыгар эргиэн-логистическай кииннэри тутууга ыытыахтара.

Маны сэргэ, Саха сирин баһылыга аҕыйах ахсааннаах норуоттар туруктаах сайдыыларыгар быраап боппуруостарын бэрээдэктээһин наадатын, чуолаан сир уонна ойуур сокуоннарыгар болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ.

«Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарга хаһаайыстыбаларын тэринэллэригэр сир биэрэр боппуруоһу федеральнай таһымҥа быһаарыахха наада. Бу хоту дойду норуоттарын ураты култуураларын харыстааһыныгар уонна  Арктика территориятын экономическай сайдыытыгар көмөлөһүөҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА