22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ 2 %-наах ипотеканы туһанааччыларын ахсаанынан бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ киирбит

12:01, 18 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын чэрчитинэн түһэрсиллибит дуогабар ахсаанынан үс бастыҥ регион кэккэтигэр киирбит. Бу туһунан Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа киһи хапытаалын сайыннарыы ааҕыныстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Ааҕыныстыба бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уопсайа 13,7 миллиард солкуобай суумалаах 3 537 чэчпэтиилээх ипотека дуогабарын түһэрсибиттэр.

Бастакы миэстэҕэ Приморскай кыраай тахсыбыт, манна уопсайа 18 миллиард солкуобай суумалаах 4,6 тыһыынча дуогабар түһэрсиллибит. Үһүс миэстэ Хабаровскай кыраай буолбут, манна 8,5 миллиард солкуобай суумалаах 2,3 кирэдьиит дуогабара түһэрсиллибит.

2 %-наах Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотеканан эдэр ыал эбэтэр оҕолоох төрөппүт, сааһынан хааччаҕа суох «Уһук Илиҥҥи гектар» туһанааччылара уонна үлэ мобильноһын үрдэтии бырагырааматынан Уһук Илиҥҥи региоҥҥа көһөн кэлбит дьон туһаныахтарын сөп.

Санатар буоллахха, чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын олохтуур туһунан быһаарыыны Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыл балаҕан ыйыгар V-с Илиҥҥи экономическай форум кэмигэр ылбыта.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 14 баан бу бырагырааманан ипотека биэрэр, олортон алтата чааһынай дьиэ туттууга эмиэ, суруйар НВК «Саха».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА