Күндү биир дойдулаахтарым уонна өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттара! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан “Туймаада ыһыаҕа-2022” бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Туймаада Ыһыаҕа Россия саамай бөдөҥ, сүҥкэн национальнай бырааһынньыгынан билиниллибитэ. Бу күн Саха сирин олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттара 25-с төгүлүн Үс Хатыҥҥа түмсэн тэҥҥэ бырааһынньыктыахпыт, күнү көрсүөхпүт, бэйэлэрин омуктарын кэрэ бэйэлээх таҥастарын кэппит дьону-сэргэни, үҥкүүлэри, күрэхтэһиилэри көрүөхпүт.
Туймаада Ыһыаҕа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө үгэһи чөл хаалларан, Саха сирин бары олохтоохторун сомоҕолоһууларын, эйэҕэ уонна саҥаны арыйыыга дьулуурдарын кэрэһилиир.
Быйылгы ыһыах Саха АССР 100 сылыгар ананар. 2022 сыл бэлиэ түгэннэринэн баай, ол курдук быйыл Дьокуускай куорат төрүттэммитэ уонна Саха сирэ Россия судаарыстыбатыгар киирбитэ 390 сылын, Дьокуускай куорат Дууматын 200 сылын, Саха сиригэр Ийэ сылын уонна Россия Федерациятыгар Норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин сылын бэлиэтиибит. Бу бэлиэ түгэннэр бырааһынньык программатыгар дьоһун миэстэни ылыахтара.
Үрүҥ Тунах Ыһыах – Саха сирин бары омуктарын сомоҕолуур уонна ыалдьыттары көрсөр бырааһынньык улахан түһүлгэтинэн буолар. Быйылгы Ыһыахха Саха сиригэр Татарстан күннэрин чэрчитинэн Сабантуй – татаардар национальнай бырааһынньыктара ыытыллыаҕа. «Азия оҕолоро» VII Аан дойдутааҕы спортивнай оонньууларын уотун туттарыы сиэрэ-туома буолуоҕа. Эр дьоҥҥо уонна дьахталларга мас-рестлинг абсолютнай ыйааһыҥҥа Аан дойдутааҕы IV чемпионатын финала элбэх дьон интэриэһин тардыаҕа.
Ыһыахха «Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдарын кытта көрсүһүү» норуоттар икки ардыларынааҕы IV фестиваль араас дойдулартан уонна Россия регионнарыттан кэлбит кыттааччылара сүрүн миэстэни ылыахтара. «Этно-Эрато-2022» XXII Евразийскай күрэх бырааһынньыктааҕы программатыгар национальнай таҥас үрдүкү муодатын көрдөрүөхтэрэ.
Куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ, кэнсиэрдэргэ, быыстапкаларга тыһыынчанан киһи, ол иһигэр оһуохайы этээччилэр, олоҥхоһуттар, норуот маастардара, тимир уустара кыттыахтара. Үгэс быһыытынан «Дыгын оонньууларыгар» Саха сирин бастыҥтан бастыҥ боотурдара күөн көрсүөхтэрэ. Ил Дархан бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтүгэр өрөспүүбүлүкэ бастыҥ сүүрүк аттара Үс Хатыҥ ипподромугар тахсыахтара.
Ил-эйэ түһүлгэтигэр истиҥ сыһыан, сырдык санаа, култуура ситимэ уйаланыаҕа диэн эрэнэбин. Туймаада Ыһыаҕын тыына күүспүтүгэр күүһү эптин, санаабытын кынаттаатын, алгыс тыла хас биирдиибитигэр табыллыыны уонна үтүө уларыйыылары түстээтин!
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ чэгиэн туругу, үтүө санааны уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Үрүҥ тунах Ыһыаҕынан! Уруй-туску! Айхал-мичил!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев