Күндү Сахам сирин дьоно! Эһигини өрөспүүбүлүкэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Дириҥ силистээх-мутуктаах Саха сирин устуоруйатыгар уонна норуотугар сүҥкэн суолталаах үгүс бэлиэ түгэн буолан ааспыта. Олор истэригэр 1922 сыллаахха Саха АССР төрүттэниитэ уонна 70 сыл ааспытын кэннэ РФ састаабыгар өрөспүүбүлүкэ аныгы судаарыстыбаннаһын быраапка олоҕурбут төрүөтэ буолбут конституциятын ылыныы уһулуччу суолталаахтар.
Биһиги хампаанньабыт Саха сирин кытта быстыспат ситимнээҕинэн куруутун киэн туттар. Саха сирэ чэчирии сайдарын туһугар кылааппытын тылбытынан буолбакка, туһалаах дьайыыларынан, үлэлээн-хамнаан киллэрэргэ өрүү бэлэммит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна “алмаастаах улуустарга” социальнай бигэ туруктаныы уонна этэҥҥэ буолуу — АЛРОСА үлэтин биир сүрүн соруга уонна суолталаах хайысхата буолар.
Билигин Аан дойду үрдүнэн уустук күн-дьыл бүрүүкээн турдаҕына, АЛРОСА кэлэктиибэ хоруона хамсыга тарҕаныыта тохтууругар уонна ыарыы утары ыытыллар үлэ көдьүүстээх буоларыгар кыһаллар. Саха сирин олохтоохторун кытта бары ыарахаттары, күчүмэҕэйдэри этэҥҥэ туоруохпут, аһарыныахпыт диэн эрэнэбин.
Эһиэхэ ситиһиилэри, дьолу-соргуну уонна кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Биһиги хотугу кыраайбытыгар куруутун ил-эйэ олохсуйдун, хардарыта өйдөһүү, өйөһүү баар буоллун!
Эҕэрдэни кытта “АЛРОСА” АХ генеральнай дириэктэрэ С.С. Иванов.