22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Саха» НКИХ ханаалыгар 9-с уонна 11-с кылаас оҕолоругар аналлаах уруоктар саҕаланыахтара

10:02, 24 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2020 сыл кулун тутар 25 күнүттэн 9-с уонна 11-с кылаас оҕолоругар аналлаах «Нуучча тыла» уонна «Математика» предметтэргэ «Саха» НКИХ ханаалын уруоктара» биэриилэр таһаарыылара саҕаланыаҕа.


Онлайн дьарыктары С.Н.Донской-II аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэхтээһини сайыннарыы уонна эбии үөрэхтээһин институтун иһинэн Саха сирин бастыҥ учууталлара ыытыахтара.

Биэриилэр таһаарыылара кулун тутар 25 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 10:30 чааска СӨ үөрэх уонна наука миниистирэ, үрдүкү категориялаах педагог Владимир Егоров ыытар математика уруогуттан саҕаланыаҕа, диэн суруйар НВК «Саха».

Биэриилэри күннэтэ көрүҥ:

10:30 чааска Математика – 11 кылаас, Нуучча тыла -11 кылаас.

12:30 чааска Математика – 9 кылаас, Нуучча тыла — 9 кылаас.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА