Хаартысканан дьүһүйэр худуоһунньуктарга аналлаах Италия VOGUE сурунаал онлайн-платформатыгар саха кыыһа Сюзанна Седалищева үлэтэ бэчээттэннэ.
Элбэх фотограф, стилист, модель VOGUE сурунаалга бэчээттэниэн баҕарар. Ити эрээри маннык түгэн барыларыгар тосхойбот.
Италиятааҕы fashion-индустрия анал онлайн-былаһаакка тэрийбитэ. Манна хаартыскаҕа түһэрээччи бэлиэтэнэн, үлэлэрин уган, редакция түмүгү таһаарыытын күүтэр. Бу сырыыга хаартысканан сөбүлээн дьарыктанар саха кыыһа Сюзанна Седалищева ситиһиилэннэ.
«VOGUE-ҕа мин профилим саҥа — бэҕэһээ эрэ бэлиэтэммитим. Икки хаартыска ыыппытым. Онтон редакция биирин талбыт. Бастакы холонууттан табылынным, наһаа үчүгэй», — диэтэ Сюзанна.
Хаартыскаҕа Сюзанна Седалищева тапталлаах эдьиийэ дьүһүйүллүбүт, саха култууратын баайын көрдөрөр.
Платформаҕа Саха сириттэн атын үлэлэри эмиэ булуохха сөп. Ирина Око уонна Виктория Харитонова хаартыскаларын түбэһэн көрүөххүтүн сөп.