29 Муус устар 29.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха футболиһа Артем Соколов Арассыыйа ыччаттарга сүүмэрдэммит хамаандатыгар ыҥырылынна

11:03, 08 ноября 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаанда тренердэрин штаба Саха сириттэн Артем Соколову сэтинньитээҕи сборга ыҥырда. Дойду хамаандата биир табаарыстыы матчы ыытыаҕа, диэн СИА кэпсиир.

Ыччат хамаандата Новогорскайга түмүллүөҕэ, уонна сборга Белградка көтүөҕэ. Утарсааччы аата хойут ааттаныаҕа.

«Крылья Советов» футболиһын Артем Соколову Арассыыйа ыччаттарга сүүмэрдэммит хамаандатыгар хасыһын даҕаны ыҥырдылар. Быйыл балаҕан ыйыгар Казахстан уонна Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандаларын кытта икки табаарыстыы көрсүһүүлэргэ 104 мүнүүтэ устата хонууга оонньообута.

Быйылгы сезоҥҥа Соколов Самара кулуубугар 11 матч оонньоото, биир голевой передачаны оҥордо. 16 тур түмүгүнэн хамаанда онус миэстэни ылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар