Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай драмтеатр кэлэктиибэ Саха АССР 100 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттэспит биир дойдулаахтара Степан Васильев туһунан улуус дьаһалтатын анал сакааһынан саҥа испэктээги көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда. Дууһа кылын таарыйар, киһи санаатын оонньотор сытыы түгэннэрдээх испэктээк муус устар 29 күнүгэр хаттаан көрдөрүллүөҕэ.
Испэктээх тыыл, үлэ уонна госсулууспа бэтэрээнэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Ытык Сүбэтин Президиумун чилиэнэ, Горнай, Ньурба улуустарын уонна Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Эдуард Данилов докумуоҥҥа олоҕуран суруйбут «Булгуруйбат модун санаалааҕа» пьесатынан туруорулунна. Туруорааччы-режиссер — СӨ култууратын туйгуна Алгыс Макаров.
Тыйаатыр дьиэтигэр өтөрүнэн буолбатах элбэх киһи муһунна, миэстэ суох буолан билиэттэн маппыттар эмиэ бааллар. Эдэр Ыстапааны — артыыс Александр Кириллин уонна орто саастаах Ыстапааны СӨ култууратын туйгуна Прокопий Федоров итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Манна бааллар — Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, норуот туһа диэн тыыннарын харыстаабакка үлэлээбит улуу убайдарбыт Максим Аммосов (артыыс Роман Семенов), Платон Ойуунускай (СӨ култууратын туйгуна Дмитрий Слепцов), Исидор Барахов (СӨ култууратын туйгуна Олег Конощук), Степан Аржаков (СӨ култууратын туйгуна Леонид Анисимов), биир дойдулаахтарбыт Михаил Мегежекскэй (артыыс Петр Филиппов), Дора Жиркова (артыыс Сардаана Михайлова) уо.д.а. Көрөөччүлэр испэктээк былаһын тухары умсугуйан-ылларан көрдүлэр, киһини соһутар-дьулатар хабараан түгэннэргэ соһуйан-айманан, хараастыылаах ыар түгэннэргэ улаханнык долгуйан-хараастан ыллылар.
Испэктээккэ Ньурба театрын улахан түһүлгэлэргэ дорҕоонноохтук биллэрбит, үгүс ситиһиилэри аҕалбыт СӨ норуодунай артыыһа Валентина Николаева, СӨ үтүөлээх артыыстара Майя Слепцова, Александра Кривогорницына, Борис Борисов, Венера Никитина, Людмила Васильева, Петр Винокуров, Николай Никитин, СӨ култууратын туйгуннара Леонид Анисимов, Вера Лазарева, Лена Яковлева, Артур Евсеев, Надежда Афанасьева, Алгыс Макаров уо.д.а. сатабыллаах уонна иэйиилээх оонньууларынан көрөөччүлэргэ элбэх дуоһуйууну бэлэхтээтилэр. Испэктээк дууһа кылын таарыйар, киһи санаатын оонньотор сытыы түгэннэрэ элбэхтэр. Ол эрээри сүүстэ көрбүттээҕэр биирдэ көрбүт астык. Ону көрөөччүлэр испэктээк муус устар 29 күнүгэр хаттаан көрдөрүллүүтүгэр кэлэн көрүөхтэрин-билиэхтэрин сөп.
Киһи ураты иэйиигэ ылларан, аҕа көлүөнэ олорон ааспыт уустук-күчүмэҕэй уонна героическай кэмин кыл да түгэнэ арахсыбакка-аралдьыйбакка көрөр, дириҥ ис хоһоонноох олус табыллыбыт испэктээгэ эбит. Ол иһин даҕаны испэктээк былаһын тухары махталлаах көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа хабыллан олордо.
Испэктээх бүтүүтэ истиҥ-иһирэх эҕэрдэ-махтал тыллара этилиннэ, улуус баһылыга Алексей Иннокентьев өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга Эдуард Федорович Даниловка уонна Алгыс Макаровка Саха «АССР 100 сыла» үбүлүөйдээх бэлиэни, Николай Иванович Никитиҥҥа идэлээх сойуус үбүлүөйдээх бэлиэтин туттарда.
Ааптар: Геннадий Антонов, Ньурба улууһа