22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха АССР 100 сылыгар сүүс социальнай суолталаах эбийиэк тутуллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр САССР 100 сылыгар сүүс социальнай суолталаах эбийиэк тутуутугар киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар. 2016 сылтан бастыҥ уопсастыбаннай көҕүлээһин куонкурса тэриллэр. Ол туһунан вице-премьер Сергей Местников автономия төрүттэммит үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт пресс-конференцияҕа эттэ, суруйар СИА. 

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, 2022 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ олус суолталаах.

«Биһиги сүрүн даатаны бэлиэтиибит — Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын. Бу улахан политическай, уопсастыбаннай уонна историческай суолталаах. Өссө 2014 сыллаахха дойду президенэ Владимир Путин Саха АССР тэриллибитин бэлиэтиир туһунан ыйааҕа тахсыбыта. Тэрээһиннэри ыытыыга сүрүн сорукпутунан төрөөбүт дойду историятыгар дьону интэриэстээһин, хас биирдии олохтооҕу бырааһынньыктааҕы бырагыраамаҕа кытыннарыы», — диэтэ кини.

Дьаһаллар чэрчилэринэн, региоҥҥа социальнай суолталаах эбийиэктэр тутуллаллар, уулуссаларга электричество уота холбонор, уопсастыбаннай аныгылыы көстүүлээх миэстэлэр киэргэйэллэр,  история уонна култуура эбийиэктэрэ саҥардыллаллар. Үбүлүөйдээх дьылга дьыалабыай уонна култуурунай-сырдатар тэрээһиннэр, быыстапкалар, дойду театрдарын туруоруулара уонна да араас дьаһал буолуоҕа. Официальнай САССР 100 сылыгар анаммыт саайтка киирэн тэрээһиннэри кытта билсиэххитин сөп.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА