22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха АССР 100 сылыгар анаммыт үрүҥ көмүс манньыаттар оҥоһуллаллар

13:01, 07 января 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үс тыһыынча кэриҥэ 3 солк номиналлаах үрүҥ көмүс манньыат Саха АССР 100 уонна Саха сирэ Россия састаабыгар киирсибитэ 390 сылларыгар ананан оҥоһуллан, 2022 сылга бааннарга эргииргэ тахсар, суруйар СИА.

Саха АССР 100 сылыгар анаммыт саайт суруйарынан, манньыат дизайнын култуура уонна искусство Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтун исписэлиистэрэ оҥорбуттар, салгыы «Гознак» худуоһунньуктара Россия Баанын техническай ирдэбиллэригэр түбэһиннэрэн ситэрэн биэрдилэр.

Манньыаттары 2022 сылга бааннартан ылыахха сөп. «Сбербанк», «Россельхозбанк», «Алмазэргиэнбанк» уонна да атыттар эргииргэ таһаарарга дуогабардаспыттар.

Өйдөбүнньүк манньыаттары оҥоруу үлэтэ 2018 сылтан саҕаламмыт. Тас дойдуларга уонна өрөспүүбүлүкэ норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэ, «Конгресс-центр Якутия» тэрилтэ Россия киин Баанын кытта холбоһуктаах бырайыактара буолар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА