Ем. Ярославскай аатынан музейга «Биир күн, биир сыл, биир үйэ» диэн Саха АССР 100 сылыгар анаммыт быыстапка бэйэтин үлэтин саҕалаата. Быыстапкаҕа Аллараа Халыма оройуонун историятын, биллэр дьонун туһунан матырыйааллар турдулар.
Экспонаттары Аллараа Халыма хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын музейа, Н.И. Таврат аатынан кыраайы үөрэтэр музей уонна Походск с. Старорусскай музейа, Ем. Ярославскай аатынан музей пуондата туруордулар. Маны сэргэ эдэр, талааннаах худуоһунньук Екатерина Суржанинова үлэлэрэ бааллар.
Үйэлээх тэрээһин арыллыытыгар култуура миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин кыттыыны ылла.
«Миниистир Юрий Куприянов аатыттан быыстапка арыллыытынан эҕэрдэлиибин. Тус бэйэм ааппыттан эбэн этиэм этэ, мин оҕо сааһым бу улууска ааспыта, Аллараа Халыма култууратын тэрилтэлэрин кытта ыкса сибээстээх. Махтанан туран саныыбын бибилэтиэкэни, билигин бу улахан быыстапканы ыыта сылдьар музейы. Саха АССР 100 сылыгар, Россия норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылыгар маннык бырайыактар бааллара олус суолталаах. Маннык тосхоллор элбииллэригэр эрэнэбит. Оройуон «Культуура» национальнай бырайыакка көхтөөхтүк кыттарын хайгыыбыт. Ааспыт сылга оҕо искусствотын оскуолатыгар музыкальнай инструменнарын саҥардыбыттара, быйыл онно өрөмүөн ыытыллар», — диэтэ Владислав Левочкин уонна Махтал суругу туттарда.
Быыстапкаҕа кэлбиттэр урут көрдөрүүгэ тахсыбатах экспонаттары көрүөхтэрэ: көс табаһыттар, булчуттар туттар тэриллэрин, хотугу норуоттар — чукчалар, эбээннэр, дьүкээгирдэр — национальнай таҥастарын, суруйар култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата.