Тэрийээччинэн РФ Успуордун министиэристибэтин кытта Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин, СӨ успуордун Федерацияларын өйөбүллэринэн тэрийэр кэмитиэтэ ыытар.
Мас-рестлиҥҥэ күрэхтэһии бирииһин пуондата — 1905000 солк.:
- 1 миэстэ — 1800000 солк. суумалаах «Рысь 3 Пикап» вездеход;
- 2 миэстэ — 50 000 солк. суумалаах сэртипикээт;
- 3 миэстэ (икки) — 25000 солк. сэртипикээт.
Мас тардыһыыга күрэхтэһии эр дьон ортотугар 85 кг ыйааһыҥҥа абсолютнай ыйааһыҥҥа ыытыллар. «Спорт Якутии» саайт суруйарынан, турнирга сайаапкалары аан дойду араас сыллааҕы чөмпүйүөннэрэ Дьулустаан Ноговицын, Егор Гуляев, Егор Ануфриев, Арассыыйа чөмпүйүөнэ Егор Свинобоев, өрөспүүбүлүкэ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара Владимир Никитин, Иван Шологонов, Вениамин Попов уо.д.а. ыыппыттар. Тэрийээччилэр сүүрбэттэн тахса күүстээх маддьыны күрэстэһиилэрин күүтэллэр. Күрэхтэһии ыытыллар ньымата олимпийскай — кыайтарбыт туораан иһэр.