12 Кулун тутар 12.03
  • -27°
  • $ 86,57
  • 93,66

Сааскы билгэ туһунан "Саха сирэ" саайт суруйда

14:09, 12 марта
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сааскы билгэ олоҕу-дьаһаҕы дьаһанарга көмө буолар. Холобур, үгүрүө көтө-көтө үөһээттэн таҥнары түһээри куттуура элбээбит. Эбэтэр тыыраахылар халлаан оройугар тахсан тайаараллар диэччилэр. Оччоҕуна хайдах күн-дьыл буолар эбитий?
  • Тыаллаах-куустаах, ардахтаах күннэр үүнээри гыннахтарына, көтөрдөр сырыылара тосту уларыйа түһэр.
  • Холобур, ардах кэлээри гыннаҕына, кустар от быыһыгар түһэ уонна көтө мээрик буолаллар. Оччоҕуна уһун ардахтаах күннэри күүтэҕин.
  • Халлаан көнөөрү гыннаҕына, тыыраахылар халлаан оройугар тахсан тайаара эргийэллэр. Тыыраахы көтө сылдьан тоноҕосчутунан, онтон да атын кынаттаах бырдах үөннэринэн аһыыр.
  • Үгүрүө көтө-көтө үөһээттэн таҥнары түһэрэ хойуннаҕына, салгын сылыйар, халлаан көнөр. Сааскы ичигэс салгын илинтэн, соҕурууттан илгийэр.
  • Бараах үөрэ кэллэҕинэ, кус бары көрүҥэ күргүөмүнэн айанныыр кэмэ саҕаланар.

А.А.Яковлев «Байанай Барыылаах Байанайдан!» кинигэтиттэн, «Бичик» («Айар»), 2014 с.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА