Бу күннэргэ Хатаска сылын аайы ыытыллар кырачаан кыргыттарбытыгар “Сааскылаана Куо” куонкурус олус сэргэхтик, чэпчэкитик, биир тыынынан ыытылынна. Кырдьыга даҕаны бу кырачаан кыргыттар бачча саастарыттан кэрэни кэрэхсии, үтүөнү үксэтэ сырыттахтарына бэйэлэригэр эрэллээх, барыны бары сатыыр, сатаабаппын диэн саллан турбат, кыайбаппын диэн кытыыга анньыллыбат буола улаатыахтара. Бу тэрээһин сүрүн сыала соруга итинник.
Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оҕолорбут бары даҕаны хоһооҥҥо хоһулларыныы, ырыаҕа ылланарыныы таммах уутун курдук сырдык ыраас дууһалаахтар, сэргэхситэр-сэгэлдьитэр туруктаахтар. Толлор-куттанар диэни тумнан үрдүк сценаттан чугдаарар чуораанныы чуопчаардылар, туллуктана көттүлэр. Кыттыбыт кыргыттар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолоро диэн түһүмэхтэргэ арахсан, биэс тургутууну аастылар. Бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр, саҥаны-сонуну көрүүнү киллэрэн араас матырыйаалтан (полиэтиленовай пакеттан, биирдэ туттуллар иһиттэн, кумааҕыттан) дьикти кэрэ көстүүлээх көстүүмнэри кэтэн таҕыстылар, аныгылыы тэтимҥэ киирэн үҥкүүлээтилэр уонна, биллэн туран, саамай-саамай кэтэһиилээҕэ остуоруйаҕа кэпсэнэр кэрэ кыргыттары санатар кэрэ баарын итэҕэтэр көрүөхтэн кэрэ көстүүлэнэн тахсан, көрөөччү ытыһын тыаһын ылыахтарын ыллылар.
Түһүмэхтэр икки ардыларыгар таҥнарга-симэнэргэ, оҥосторго бириэмэ биэрэн ырыаһыт, үҥкүүһүт уолаттар, кыргыттар сандал сааскыны, кэрэни – үтүөнү туойдулар. Тахсыбыт нүөмэрдэри Галина Кимовна Ксенофонтова, Татьяна Григорьевна Окорокова бэлэмнээтилэр. Манна тахсан ыллаабыт оҕолор үксүлэрэ бу күннэргэ “Ыллыыр оҕо саас” куонкуруска ситиһиилээхтик кыттаннар дипломант, лауреат үрдүк аатын ылбыттара.
Саамай кырачаан кыттааччы Кэрэчээнэ Оконешникова дьиэ-кэргэнигэр икки уол кэннэ кэтэһиилээх-күүтүүлээх кыыс, кинини арыаллаан дьиэ-кэргэн бары бииргэ кэлбиттэрэ көрөргө олус үчүгэй. Уопсайынан, бу киэһэ бары кыттааччылары дьиэ-кэргэттэрэ эбээҕэ-эһээҕэ тиийэ бииргэ буолан долгуйа-үөрэ, сүргэ көттөҕүллэ кэлбиттэрэ санааҕа да астык. Аҕалар тастарыттан көрдөххө дьоһун, дьиппиэн курдуктар да истэригэр долгуйалларын өйдүүбүт бөҕө буоллаҕа.
Бу тэрээһиҥҥэ кыттааччы хайаан даҕаны уһулуччу талааннаах дуу, уһулуччу кыраһыабай дуу буолуохтаах диэн буолбатах. Манна кыттааччы төһөнөн дьиэ-кэргэнигэр тапталга, сылаас сыһыаҥҥа сууланан сылдьар да соччонон кини ис иһиттэн сырдык иэйиилээх, кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһыылаах, бэйэтигэр, дьиэ-кэргэнигэр эрэллээх. Ол иэйии кыттааччыларбытыгар барыларыгар баара барыбытын да үөртэ.
Оскуола оҕолоругар кылааһынан “ыалдьа” кэлбиттэрэ бииргэ буолууттан бигэ санааны бигэргэттэ, «ким доҕордоох ол дьоллоох» диэни өссө төгүл дакаастаата. Ордук ох курдук оҥостон кэлбит Томская Аида Азотовна салайааччылаах 3 “б” кылаас «былааһы» ылла. Былакааттара диэн, бары ойон туран хоһоон ааҕа оҕустулар, тыастарын – уустарын эппэккин даҕаны.
Ити курдук бары түһүмэҕи ааһан, кыра саастаах кыргыттарга Кэрэчээнэ Оконешникова – Чэлгийээнэ Куо, Мия Петрова – Кэскилээнэ Куо, Мия Панченко Сулусчаана Куо диэн анал ааты ыллылар. Оскуола оҕолоругар Настя Филиппова –Күөрэгэй Куо, Сайыына Павлова – Кыталык Куо, Сайаана Куо – Мичийээнэ Куо, Сайнаара Осипова – Кэрэчээнэ Куо, Эльза Бурцева – Чэмэлиинэ Куо, Маргарита Иванова – Чөмчүүк Куо диэн анал ааты иҥэриннилэр.
Онтон Сааскылаана Куо – Юлия Лугинова (кыраларга) уонна Камелия Алексеева (оскуола кыргыттарыгар) буоллулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ култууратын туйгуннара Александра Семенова, Евдокия Семенова, элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн ийэтэ, олоххо куруутун көхтөөх, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар талаан-дьоҕур хаата Нина Софронова үлэлээтилэр.
Суруйуубун кыргыттарбытыгар, ийэлэригэр, эбээлэригэр, эдьиийдэригэр анаммыт маннык алгыһынан түмүктүүбүн:
Олохторун суола субурхай,
Айаннарын аартыга аламаҕай,
Айбыттара айхаллаах, туппуттара уруйдаах буоллун!
Наталья Руфова, Хатас