2019 сыллаахха Дьокуускайга тутуута саҕаламмыт саҥа сүрэх-тымыр киинигэр үлэлииргэ үрдүк квалификациялаах кадрдары бэлэмнииллэр. Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ дойду бастыҥ тэрилтэлэригэр стажировка ааһаллар, оттон бастыҥ үөрэх кыһаларыгар устудьуоннар үөрэнэллэр, регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, сыаллаах дуогабардар хас да үрдүк үөрэх кыһаларын кытта түһэрсилиннэ. Сүрүн идэлэр — «кардиология», «анестезиология», «рентгенология».
Специалитеттары үөрэтиигэ барыта 7 дуогабар түһэрсилиннэ, 25 — ординатура, 35 — орто медицинскай персонал. Эбии 2024 сылга 34 сыаллаах дуогабар ординатура, 62 – орто медперсоналга оҥоһуллара былааннанар.