Дьокуускайга тутулла турар кардиологическай диспансеры 2021 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ, оттон онкодиспансеры – 2023 сыл үһүс кыбаарталыгар. Бу туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова соцситимнэргэ эттэ диэн, СИА иһитиннэрэр.
“Икки улахан эбийиэк тутуллар – кардиодиспансер уонна онкодиспансер. Федеральнай структуралары бэлиэтиир тоҕоостоох – үбүлээһин 80% федеральнай бюджеттан көрүллэр. Кыраапыктан хаалыы суох, кардиодиспансеры 2021 сыл төрдүс кыбаарталыгар, онкодиспансеры – 2023 сыл үһүс кыбаарталыгар үлэҕэ киллэрэбит. Өскөтүн эһиги Национальнай медицина киинин таһынан эбэтэр 17 кыбаарталынан ааһан истэххитинэ, күүстээх үлэ бара турарын көрөҕүт“, – диэтэ миниистир.
Елена Борисова маны сэргэ Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын хайысхатынан тутулла турар эбийиэктэр тустарынан кэпсээтэ. Билигин 18 ФАП тутуллар, төһө да коронавирус инфекциятынан тыҥааһыннаах балаһыанньа баарын үрдүнэн, тутуулар тохтооботтор.
“Быйыл Дьааҥы оройуонугар балыыһа кииллэрэрбит, Нерюнгрига өрөмүөҥҥэ уонна бырайыактааһыҥҥа улахан бырагыраамалар үлэлииллэр, Мииринэй оройуонугар аан бастакытын аныгы компьютернай томограф тиийдэ. Нерюнгрига МРТ уонна ангиограф тириэрдилиннэ. Ыарыһахтар миэстэтигэр көрдөрүнэллэригэр усулуобуйа тэрилиннэ“, – диэтэ кини.