Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ ахсынньы 7-с күнүттэн 20 чыыһылатыгар диэри «Саҥа Дьылга алгыстаах эҕэрдэлэр» хоһоону суруйууга аһаҕас куонкурус биллэрбитэ. Күрэс сүрүн сыалынан-соругунан Саҥа Дьыл туһунан алгыстаах эҕэрдэлэри киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, сахалыы уус-ураннык суруйар талааннаах дьону түмүү уонна Саҥа Дьыллааҕы алгыстаах эҕэрдэлэри мунньан аккырыыкка оҥорон таһаарыы буолбута.
Күрэххэ бииртэн биир ураты уран тыллаах-өстөөх, эриэккэс суруйуулар киирдилэр. Уопсай кыттааччы ахсаана 34 буолла.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн үлэлээтилэр:
- Федорова Галина Гаврильевна-Туом Хотун – алгысчыт, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, үгүс кинигэ ааптара;
- Гоголев Александр Николаевич – СР норуодунай художнига, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СР худуоһунньуктарын творческай сойууһун чилиэнэ, үгүс кинигэ ааптара;
- Стручков Виктор Павлович – СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СР мелодистарын ассоциациятын чилиэнэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, үгүс кинигэ ааптара.
Дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ киирбит хас биирдии айымньыны тыла уранын, баайын уонна ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара табыгастаахтык туттуллан суруллубутун сыаналаатылар. Хас биирдии кыттааччыга бааллары туруорбуттарын холбоон үрдүк сыананы ылбыт үс бастыҥ ааптар аата билиннэ. Ол курдук кыайыылаахтарынан буоллулар:
- I үрдэл – Скрябина Ульяна Егоровна-Умсулҕан Хотун, (Дьокуускай куорат);
- II үрдэл – Атласов Петр Николаевич (Дьокуускай куорат);
- III үрдэл – Федоров Дмитрий Николаевич-Оһуохай Уола (Чурапчы сэлиэнньэтэ, Чурапчы улууһа).
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, алгысчыт, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, саха фольклорун үөрэтээччи Галина Гаврильевна Федорова-Туом хотун куонкурус түмүгүнэн санаатын маннык үллэстэр:
«Бу куонкуруска киирбит барыта 34 хоһоонньут Саҥа Дьылга аналлаах алгыстаах эҕэрдэлэрин, хоһооннорун ааҕан олус астынным. Бары даҕаны дьоҕурдаах, үтүө, баай тыллаах-өстөөх буолан биэрдилэр. Алгыс тылынан хоһоонноон дьүһүйүү уустуктардаах, алгыс күүстээх тыла дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийэр гына этиллиэхтээх, ону кыттааччылар үксүлэрэ бэркэ туттубуттар. Алгыс тыллаах хоһооҥҥо аллитерацияны табыгастаахтык туттууларын иһин 30-с (Мария Мохначевская), 4-с (Людмила Гаврильева), 15-с (Марианна Ларионова), 3-с нүөмэрдээх кыттааччылары биһирээтим (Вячеслав Хон). Кыттааччыларга баҕарыам этэ инникитин кытаанахтан чаҕыйбакка, ыарахантан толлубакка кэлэр сылга өрөйөн-чөрөйөн, ыраас санааннан салайтаран саргыгыт салалыннын, өрөгөйгүт үрдээтин, тыыҥҥыт уһаатын, көхсүгүт кэҥээтин, хараххыт сырдаатын, дойдугут туһугар доруобай буолуҥ, доруобуйа баар буоллаҕына дохсуннук хардыылыа олоххут. Тускуо!!!»
Маҥнайгы үрдэлгэ тиксибит Скрябина Ульяна Егоровна-Умсулҕан Хотун Саҥа Дьылга анаммыт алгыстаах айымньыта:
Тоҕус хаттыгастаах
Толомон маҥан халлаан үрдүгэр
Тоҕуоруйан үөскээбит
Тойон Айыыларбыт!
Таҥха Хаан
Таас Тулааһыҥҥа таптайар,
Дьылҕа Хаан
Дьондойон үүммүт дьылыгар
Түөрүллүбэт силистээх,
Тоҕус холбооһунуҥ ситэн,
Толору дьолунан торолуйан,
Ситэри ситиһиинэн ситимнэһэн,
Олох эргиирэ кэрэтин
Оҕуруо курдук тиспит,
Ураты уйан тыыннаах,
Уостубат уйгулаах,
Ситиһиилээх күнүҥ
Үүнэ-үксүү турдун!
Одун Хаан оҥоһуутунан,
Огдолуйбат, ороһуйбат,
Очурга оҕустарбат,
Олус күүстээх санаалан!
Элбэҕи кытта эҥээрдэһэн,
Үгүһү кытта өйөнсөн,
Нүөл олоҕуҥ түстэнниҥ!
Саргы-дьаалы салалыннын!
Иккис кыайыылаахпыт Атласов Петр Николаевич алгыс тыллаах хоһооно:
Сахам дьонугар алгыс
Сытыары сымнаҕас майгылаах,
Сылаас, сырдык ыра санаалаах,
Сайдарга, саргыга баҕалаах,
Саҥаны айхаллыыр айгылаах
Сахам мааны дьоно барахсан!
Сылбытын саҥалыы саҕалаан,
Санааны саҥаттан сааһылаан,
Сайдыыны саҕахтан саамылаан,
Саргыны сатараан саҥаран
Оҕуспут сылыгар хаамыаҕыҥ!
Олохпут оҥкулун оҥостон,
Олоҥхо олоҕун оргутан
Оҕуспут олбоҕор олорсон,
Олому олуктаан ойутан
Сомоҕо санааны тутуоҕуҥ!
Дойдубут дьоллорун туһугар
Доҕоттоор, дьоммутун мунньуоҕуҥ,
Дьоһуннук дойдуну салайар
Дьаныардаах дьоннору булуоҕуҥ,
Ыччакка муоһаны туттарыах!
Барҕарыы байытар бааттара
Барыбыт баҕатын булуохтун!
Байылыат баараҕай бааллара
Бар дьоммут баайдара буолуохтун!
Сахабыт санаата туолуохтун!
Оҕус сылыгар уруй буоллун!
Сахам дьонугар айхал буоллун!
Үһүс үрдэл хаһаайына буолбут Федоров Дмитрий Николаевич-Оһуохай Уола Cаҥа Дьылга алгыстаах эҕэрдэ хоһооно:
ТЫАМ СИРИН ДЬОНУГАР
(саҥа сыллааҕы алгыс)
Үүнэр Сылбыт күөнүгэр
Үктэнээри тураммын,
Хаарыан дьоммор сэргэбэр,
Хара дьамаат эйгэбэр,
Харыс тылы сааһылаан
Ханыылата нарылаан
Алгыс баһын сыалааммын
Амалыйан туойабын,
Айыы Сырдык баҕабын
Арчылааммын аныыбын:
Алаастарга атыыр оҕус
Айаатыыра ахсаабатын,
Сайылыкка һайдыыр саҥа
Саталаахтык сатараатын,
Сыспай сиэллээх сырыырҕаан
Сыһыы аайы дэлэйдин,
Хороҕор муостаан хойдон
Хонуу аайы элбээтин!
Төрүт үгэс сөргүйэн
Тылбыт-өспүт өргөйөн,
Тыабыт сирэ чэчирээн
Тускуларын кэҥэтэн
Үчүгэйи үөрдүттүн
Үтүөнү үмүөрүттүн!
Бука барыгытын кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибит, алгыстаах тыллары ааҕан санааҕыт ырааһырдыҥ, баҕа санааҕыт туоллун!