Сергей Гаврилов тохсунньутааҕы бырааһынньыктарга үлэ төлөбүрүн туһунан үлэһиттэр да, үлэ биэрээччилэр да ортолоругар элбэх ыйытык үөскэтэрин бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, Үлэ Кодексатынан бырааһынньыктааҕы күннэринэн 1, 2, 3, 4, 5, 6, 7 уонна 8 чыыһылалар ааҕыллаллар. Бу күннэргэ үлэ-хамнас ханнык да тиһигиттэн тутулуга суох, үрдүк кээмэйинэн төлөнүөхтээх диэн Гаврилов эбэн эттэ. Ону тэҥэ үлэһит ыйыллыбыт күннэргэ үлэҕэ таҕыстаҕына, хас биирдии чааһыгар икки бүк төлөбүр ананарын чуолкайдаата.
Маны таһынан үлэһит уоппускаҕа эбии сынньаныан баҕарар буоллаҕына, үлэ биэрээччини кытта дуогабар түһэрсиэн сөп. Маннык түгэҥҥэ бырааһынньык күн хамнас урукку кээмэйинэн төлөнөр, оттон эбии бэриллибит сынньалаҥ күнэ төлөммөт буолар. Үлэ биэрээччи бырааһынньык үлэтин төлөбүрүн эбэһээтэлистибэлэрин толорортон аккаастанар буоллаҕына, үлэһит судаарыстыбаннай инспекцияҕа эбэтэр борокуратуураҕа этинэр бырааптааҕын бэлиэтээтэ.