28 Муус устар 28.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Үс тыһыынча кэриҥэ киһи тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэтин иһин үрдэтиллибит биэнсийэни ылар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр 30-тан кырата суох сыл үлэлээбит биэнсийэлээхтэр саастарынан страховой биэнсийэлэригэр эбэтэр инбэлиитинэн көрүллэр быһыллыбыт төлөбүргэ эбии 25% набдавка көрүллэр.

Бүгүҥҥү туруган, үрдэтиллибит кээмэйи Саха сиригэр үс тыһыынча кэриҥэ киһи ылар.

Соцпуондаҕа эппиттэринэн, үрдэтиллибит биэнсийэни Саха сиригэр 2953 үлэлээбэт биэнсийэлээх ылар, кинилэр 30-тан тахса сыл тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбиттэр.

Бу анаммыт төлөбүр, биэнсийэлээх атын куоракка эбэтэр нэһилиэккэ көһөр да түгэнигэр, оннунан хаалар.

2024 сылга эбии төлөбүр суумата 2033,72 солк, үһүс группалаах инбэлииккэ — 1016,86 солк.

Эбии төлөбүрү ылар бырааптаахтар испииһэктэригэр 500-тэн тахса идэ баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА