Алтынньы 23 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Балыктаах уонна Тиэлиги нэһилиэктэригэр оҕо саадтара үлэлэрин саҕалаатылар. Алтынньы 23 — 29 күннэригэр тумуу, кириип ыарыыта элбэҕинэн Хаҥалас улууһун Покровскайыгар 5№-дээх оҕо саада сабылынна. Бу туһунан үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Коронаврус бэлиэтэммит улуустарыгар социальнай суолталаах тэрилтэлэр үлэһиттэрин оҕолоругар анаан (учууталлар, быраастар, полиция үлэһиттэрэ) 62 дьуһуурунай оҕо саада үлэлиир: Ньурбаҕа – 32, Тааттаҕа – 12, Үөһээ Бүлүүгэ – 12, Эдьигээҥҥэ – 4, Хаҥаласка – 2.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 734 оҕо саада үлэлиир.
— Тумуу, кириип ыарыыларыттан тэйичччиттэн үөрэххэ Бүлүү улууһун 1-кы Күүлэт орто оскуолата көстө. Ол оннугар, алтынньы 24 күнүттэн Хампа, Тааһаҕар нэһилиэктэрин оскуолалара үлэлэрин сөргүттүлэр.
— Барыта 223 оскуола олоҕурбут быһыынан үлэлии турар, тэйиччиттэн – 132 оскуола, буккуйа үөрэниинэн – 280 оскуола.
— 24 орто анал үөрэх кыһата тэйиччиттэн үлэлиир, 18 – буккуйа. Уруккулуу, олоҕурбут быһыынан Аллараа Халыма Черскэйигэр хоту норуоттарын Арктикатааҕы кэллиэһэ.