Уһун дистанцияҕа сүүрэр Наталья Леонтьева Москватааҕы марафоҥҥа кыттар санаалааҕын биллэрдэ. Россия саамай маассабай сүүрүүтэ балаҕан ыйын 18 күнүгэр буолуоҕа.
«Быйыл тренерим Дмитрий Васильевичтыын бииргэ үлэлээбиппит 20 сылын туолар. Ааҕан көрбүппүтүнэн, бу кэмҥэ Россия чемпионаттарын 19 мэтээлин ылбыппыт. Уонна, биллэн турар, Россия күүстээх спортсменнарын спартакиадатын үрүҥ көмүһүн эбэр кыаллыбыта олус үөрдэр. Ол эрээри сезонум бүтэ илик. Барыта былаан быһыытынан бардаҕына, балаҕан ыйын 18 күнүгэр Москватааҕы марафоҥҥа 10 км дистанцияҕа сүүрүөхпүн баҕарабын, онон төрөөбүт дойдубутугар төнүннэриэхпитин, күүһү түмүөхпүтүн наада», — диэтэ Леонтьева.