23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Үс Хатыҥҥа" дьүкээгирдэр туундараны тылыннардылар

09:25, 07 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох Арктика омуктарын ассоциациялара тэрийэр “Туундара тыллыыта (Цветение тундры)” диэн үгэскэ кубулуйбут быйылгы бырааһынньыктара ааспыт өрөбүлгэ “Үс хатыҥҥа” буолан ааста.


Хотугу норуоттар сайыны көрсөр бырааһынньыктара Түмэр ойуун алгыһынан саҕаланна. Сайыҥҥы үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ “Долгунча” эбээн норуотун этно-фольклорнай ансаамбыла эмиэ кыттыыны ылла. Эһиил үбүлүөйдээх 10 сылын туолар ансаамбылы Зинаида Никулина салайар. 14 ырыаһыттаах бөлөххө Эбээн Бытантай, Муома, Сэбээн Күөл, Өймөкөөн улуустарыттан төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор эбээн дьахталлара ыллыы-туойа сылдьаллар. Кинилэр бэйэлэрин норуоттарын фольклорун уонна култууратын киэҥник тарҕатар соруктаахтар. Бу тэрээһиҥҥэ “Долгунча” ырыаһыттара Мария Попова, Галина Колесова, Эльвира Васильева көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Быйылгы бырааһынньыкка олус элбэх киһи кэлбит. Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар ассоциацияларын алта общиналара бары бааллар. Дьуукала бэмнээһинэ, араас куонкурус, спортивнай уонна култуурунай күөн күрэстэр дьону сомоҕолоотулар. Быйыл хотугу норуоттар национальнай көстүүмнэрин көрдөрүүгэ хаһааҥҥытааҕар да үгүс киһи кытынна. Ордук кэрэхсэбиллээҕэ — олус көхтөөх элбэх ыччаттаах эбиппит, — диэн санаатын үллэстэр “Долгунча” ырыа ансаамбылын ырыаһыта Мария Попова.

“Цветение тундры” тэрээһини ассоциацияҕа киирэр хотугу норуоттар сыл аайы уочаратынан ыыталлар. Онон быйыл дьүкээгирдэр общиналара көҕүлээтэ. Киэһэ хойукка диэри “Үс хатыҥҥа” эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар, чукчалар, Русскай Устье олохтоохторун ырыалара-тойуктара дьиэрэйдэ.

Бу нэдиэлэ өрөбүлүгэр аны “Эвинэк” диэн эбээннэр тэрээһиннэрэ ыытыллыаҕа. “Долгунча” ансаамбыл аны онно кыттаары бэлэмнэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА