Бэҕэһээ, сэтинньи 13 күнүгэр, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр «Билиигинэн кыайыаҥ!» истипиэндийэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище уһуйааччыта Александра Неустроеваҕа уонна СӨ Муусука Үрдүкү оскуолатын устудьуона Дарья Шахурдинаҕа бириэмийэни биэрдилэр.
«Билиигинэн кыайыаҥ!» истипиэндийэ 2002 сыллаахтан ананар. Бу наҕараада үөрэхтээһини өйүүр уонна учууталлары, үөрэнээччиилэри ситиһиилэргэ кынаттыыр.